Билинни аныгы уйэзэ кэтээн кердехпунэ озолорбут бары кэриэтэ нууччалыы санараллар эбит (куоракка). Сахалыы школаттан куруьуокпар кэлэн уерэнэллэр да, уксун бары син биир нууччалыы баллыгыраьаллар. Онноозор дьиэ-кэргэн иьигэр бары сахалыы санараллар, озолоро Саха школатыгар уерэнэр уонна сахалыы сатаан санарбат, нууччалыы эрэ санардаза уьу. Оннук озолор баалларын билэбин. Интернет эмиэ дьайан эрдэзэ буолуо, ютуб энин.
Билигин дьоьун саастаах дьоммут сахалыы тэрээьиннэри, култуураны тэрийэллэр, кинигэ, хоьоон суруйаллар. Онтон билинни озолорбут кинилэр оннуларыгар тиийдэхтэринэ хайдах да дьоьун саастаах дьоммутун солбуйуо суох курдуктар. Озолоро, сиэннэрэ эмиэ нууччалыы эрэ тыллаьыахтара ди, сахалыы ейдеебет да буолаллар ини.
Сорох бурээттэр билигин сахалары "сахалар тереебут тыллара олохтоммут, кенул кэпсэтэллэр, санараллар. Онтон биьиги тереебут тылбытын билбэппит" дииллэр. "Бурээт тыла сутэр кутталлаах" диэн 1 каналга кэпсииллэр этэ. Озолоро, эдэр дьонноро, онноозор кырдьазастара тереебут тылларын ейдеебет, билбэттэр да бааллар эбит. Маннык же 40-50 сылынан биьиэхэ буолуон сеп. Онон сахалыы санарарга, култуурабытын, кытаанахтык уерэтиэххэ наада, нууччалыы хаьан базарар уерэниэхтэрэ.
Уу сахалыы санарар озолор син бааллар (ордук тыаза) , ол эрэн азыйахтар. Дьинэр дэриэбинэлэрбит, улуустарбыт сахалыы тылы-еьу таьаара олордохторо.
"Тереебут тылларын умнубут, билбэт омук норуота сутэр симэлийэр, онтон тереебут тылларын баьылаабыт омук норуота хаьан да суппэт" , дииллэрэ ебугэлэрбит.
[Сообщение редактировалось]