Араадьыйаҕа, тэлэбиизэргэ сахалыы саҥараллара сыыһалардаах дии саныыбын. Холобура биэс мөһөөк солкуобай. Мөһөөк диэн сүүс солкуобайы ааттыыллар. Атын сүүс сыыппараны мөһөөк диэбэттэр. Оччотугар биэс мөһөөк солкуобай - биэс сүүс солкуобай солкуобай, икки мөһөөк-икки сүүс солкуобай сокуобай диэн буолан тахсар.
Аны Бүлүү сүнньүнэн сытар улуустары тоҕо эрэ Бүлүү бөлөх улуустара дииллэр. Дьэ ол хайдах бөлөхтөһөн олороллоруй? Бөлөх диэн сахалыы өйдөөтөххө биир сиргэ, эфиргэ игин мустааhын курдук өйдүүбүн. Вилюйская группа районов диэн нууччалыы сыыһа этиини туруору сахалыы тылбаастааһын быһыылаах. Бүлүү улуустара, Бүлүү сүнньүн улуустара диэтэххэ тоҕо сатаммата буолла? Саха омукка биир улаханнык ытыктанар киһибит Багдарыын Сүлбэ эмиэ итиннэ санаатын эппитэ баар.