Сахам эр дьонугар!
(Былырыыҥҥы хоһооммун сарсын үүнэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аныыбын)
Тоһуттар муус тымныыны
Былыыр былыр тулуйан,
Кэлбитэ өбүгэбит,
Саха буолан айыллан!
Уот сэрии самнарбатах,
Уоттаах харах эспэтэх
Саха эрчимэннэрэ,
Үүнүҥ, сайдыҥ өрүүтүн.
Кыайыыны аҕалсыбыт
Эһэҕитин батаҥҥыт,
Дойдугутун көмүскээҥ
Уота да суох сэрииттэн!
Сир Ийэ барахсаҥҥа
Туох буоларын сураһыҥ,
Билэн-көрөн кыттыһыҥ,
Туора туран хаалымаҥ!
Эһиги кэннигитигэр
Сахаҕыт норуота баарын,
Эһиэхэҕэ эрэнэрин
Хатааҥ мэлдьи өйгүтүгэр!
Аар баҕах сэргэ курдук
Көмүскэл, халыҥ хахха
Буола туруҥ мэлдьитин
“Саха” дэтэр норуокка.
Саха аатын түһүмэҥ
Хайдахтаах да түгэҥҥэ,
Мөлтөөн-ахсаан биэримэҥ,
Сиигэ,тылга кииримэҥ.
Киһиргээмэҥ, күлүмэҥ,
Күүһүргээмэҥ, сэнээмэҥ,
Дуоспуруннаахтык көрөн,
Дьоһуннук тутта сылдьыҥ.
Ымсыырымаҥ баайга-дуолга,
Ыам кумаарыныы элбэххит,
Бары сим биир тиксибэккит
Ырай тэҥэ олоххо.
Кырдьаҕаһы убаастааҥ,
Хардата оннук буолуоҕа,
Чөл олоҕу уруйдааҥ,
“Онто” суох дуоһутуоҕа!
“Дыгын” бухатыырдарыныы
Киппэ, былчыҥ таһааланыҥ,
Килбик харах ымсыырар
Киэҥ дараҕар сарыннаныҥ.
“Балык ыамнаах, эн күннээххин”,
Хотторууттан хомойума,
Хааллар дуу, сорох күҥҥүн
Ааккын ааттатыах уолчааҥҥар...
Эһигини кэтииллэр
Аан дойду омуктара,
Өрүү сыана быһаллар
Эһигинэн биһиэхэ.
Мөлтөх эр дьонноох омук
Түгэххэ тэбиллэрин,
Кыахтаах дьонноох норуоттан
Толлуу баарын умнумаҥ!
Алгыһынан куоһанан,
Сиэри-туому тутуһуҥ,
Итэҕэли тэнитиҥ,
Киһи ахсын иҥэриҥ!
Кэнчээри көлүөнэлэр
Эһигиттэн кэлэннэр,
Үөскээтиннэр, үүннүннэр,
Ахсааны элбэттиннэр.
Тупсуҥ, үрдээҥ сахалар,
Сайдар суолга дьулуһа,
Биир сомоҕо буолаҥҥыт,
Түмүҥ саха норуотун.
Күндү сахам эр дьоно!
Улуу модун күүскүтүн
Дойдубут улуу дьоло
Буоларыгар туһаайыҥ!
28.12.2020с
Доҕоруом, кэргэним, сэгэриэм!
Мин эйиэхэ бу истиҥ тыллары мээнэҕэ эппэппин.
Оттон эн, баҕар, сороҕор хомойор, сонньуйар да
Тугэннэриҥ баара буолуо.
Ол эрэн мин мэлдьи эйигин
Сүрэхпэр, санаабар куруук илдьэ сылдьабын ээ.
Эн баар буолаҥҥын мин куруук дьоллоохпун!
Эркин курдук эрэнэр эрэлим,
Мин эйигин таптыыбын ...