Садыр Жапаров эдэр 1968 сыллаах, бу политик киһиэхэ саамай чэчириир саас. Ыһык Күөл улууһуттан төрүттээх. Кыргыс дойдумсуга (патриота) буоларынан биллэр. Кумтор көмүс руднигын кытайдарга биэримээри олохтоохтору утарсыыга ыҥыран хаайылла сылдьыбыт. Жапаров дьэ хорсун күдэхтээх эр бэрдэ эбит. Арай Алмазбек Атамбаевы босхолооботоҕо эрэ хомолтолоох. Атамбаев эмиэ кыргыс омук биир чулуу уола. Иккиэн эйэлэһэн дойдуларын туһугар бииргэ үлэлииллэрэ буоллар бэрт буолуо этэ.