сахалыы саҥараллара сороҕор сыыһалардаах дии саныыбын. Холобура Бүлүү улуустарын Бүлүү бөлөх улуустара дииллэр. Бөлөх диэн тыл сахалыы тыллаах өйдүүрүнэн биир сиргэ мунньустан, бөлөхтөөн олорор диэбит курдук. Итини өтөрдөөҕүтэ барыбыт убайбыт Багдарыын Сүлбэ эмиэ сыыһанан аахпыта. Аны туох эмэ төлөбүрүн, сыанатын холобура икки мөһөөк солкуобай, биэс мөһөөк солкуобай диэн биллэрэллэр. Мөһөөк диэн сахалыы саҥалаах өйдүүрүнэн сүүс солкуобай, икки мөһөөк - икки сүүс солкуобай, биэс мөһөөк - биэс сүүс солкуобай. Оччотугар икки мөһөөк солкуобайдара - икки сүүс солкуобай солкуобай, биэс мөһөөк солкуобайдара - биэс сүүс солкуобай солкуобай диэн тахсан кэлэр. Дьиҥэ икки мөһөөк, биэс мөһөөк дэниллиэхтээх мин санаабар. Арай сыаната мөһөөктөн кыра кутуруктаах буоллаҕына солкуобайдыахха сөп. Холобура биэ мөһөөк сүүрбэ биэс солкуобай диэбит курдук.
Маны дьэ эһиги туох дии саныыгыт?