Эҕэрдэ Сурук
Эҕэрдэ кимиэхэ ананар? Эр киһиэхэ дуу, дьахтарга ананар дуу? Үбүлүөйгэ дуо? Эбэтэр малааһыҥҥа дуу? Чуолкайын суруй. Хас саастаах киһиэхэ? Онтон Эҕэрдэ Сурук ис хоһооно улахан тутулуктаах.
Арай манныктык кылгастык буоллаҕына
Ытыктабыллаах_____________________!
Күн сиригэр кэлбит, төрөөбүт күҥҥүнэн, иһирэхтик истиҥник эҕэрдэлиибин!
Олоххор дьоллоох, саргылаах буол!
Санаабытыҥ сатаннын, туппутуҥ туолан истин.
Сардаана сибэккилии күн ахсын сыдьаайа сырыт.
Алгыһынан арыаллан. Арчынан айхаллан.
Сырыыҥ ситиһиилээх, инниҥ кэскиллээх буоллун. Эйигинниин бииргэ үөрэбин.
Күндү киһим, дьүөгэбин,
Истиҥ Далбар доҕорбун,
Кэрэ күҥҥүн уруйдаан,
Эҕэрдэбин тиэрдэбин!
Уруй! Туску!