Ааптар,бу,дьоһуннартан соһон аҕаллым:
Ответы и комментарии:
Свернуть
Хайа,биир да - BorNEo
25.03.2014 (21:30) (82.145.222.208) [!]
уус уран тыллаах киһи көстүбэтэх бэйэккэтэ буоллаҕа дуу? [Ответить] [Быстрый ответ]
50 сааска аналлаах анабыл э5эрдэ (сурук) - Чэмэлиинэ
26.03.2014 (11:45) (91.185.252.50) [!]
Кундутук саныыр, убастыыр (эбэтэр кеннеру убуустабыллаах) ..аата. отч
Эйигин уйэ анардаах убулуейгунэн,
Оло5ун орто омур5ана туолбутунан,
Ууммут уеруулээх куннунэн,
Сахалыы сайа5ас э5эрдэбин (битин) тиэрдэбин (бит).
Ба5арабын (быт) Эйиэхэ,
Кун сиригэр баар бары кэрэни,
Дьиэ кэргэннэр бе5е туругу.
Чугас дьонун махталларынан,
Алама5ай алгыстарынан арыалланан
Олоххор дьулууру, эстибэт эрчими.
Кемус санаан кулумурдуу сырыттын,
Ыра санаан ыпсан истин,
Тубуктээх улэн тумуктээх буоллун.
Олоххор до5орун,
О5олорун, сиэннэрин тапталларыгар уйдаран
Олонхо курдук уьун олохтон!
Эбэтэр: Ба5арабын (быт) ба5а санаа бастынын,
Дьоьун дьоллоох оло5у,
Доруобуйа туйгунун,
Улэ уеруутун, ей-санаа елгемун,
У5араабат уо5у, ке5урээбэт кууьу,
Дьиэ кэргэннэр бары утуену. Дом! [Ответить] [Быстрый ответ]
50 сааска э5эрдэ тыл - Чэмэлиинэ
26.03.2014 (11:59) (91.185.252.50) [!]
Ол убулуейдээх киьи тугу улэлиирэ эбэтэр улэлээбитэ баар буолла5ына ол еттунэн эмиэ этиллиэхтээх.
Холобур салайар улэьит, тутааччы: Инникитин да5аны,
Иннин диэки эрчимнээхтик,
Ылсыбыккын ыьыктыбакка,
Ыврахан диэн ча5ыйбакка,
Уустук диэн толлубакка
Туруоруммут сыалгын туруорсан,
Са5алаабыт санаа5ын салайан,
Туппутун тупсан истин,
Талбытын табыллан истин!
Кэрэ5э-утуе5э тарды8ан,
Кэ [Ответить] [Быстрый ответ]
Чэмэлиинэ,махтал мааныта ананнын-эйиэхэ ! - BorNEo
26.03.2014 (13:53) (82.145.221.237) [!]
Өссө атын вариант баара мэһэйдээбэтэ буолуо:төһөнөн элбэх-соччонон ордук :) [Ответить] [Быстрый ответ]
Чэмэлиинэ,махтал мааныта ананнын-эйиэхэ ! - BorNEo
26.03.2014 (13:53) (82.145.221.237) [!]
Өссө атын вариант баара мэһэйдээбэтэ буолуо:төһөнөн элбэх-соччонон ордук :) [Ответить] [Быстрый ответ]
50 сааска э5эрдэ - Чэмэлиинэ
26.03.2014 (16:54) (91.185.252.50) [!]
Убулуейдээх куннунэн,
Утумэн элбэх уерууну, кэрэни ба5арабыт,
Сахалыы сайа5ас э5эрдэбин аныыбын (быт)!
Эн сахалыы мындыр санаа5ынан,
Эдэрдии эрчимнээх куускунэн,
Урдук ситиьиилээх улэ5инэн,
Дьон-сэргэ ытыктабылын ылан.
Дьоьун сааскар уктэнэн,
Дьол-соргу тосхоллон.
Толкуйдаабыккын тобула,
Санаабыккын саргылыы сырыт диэн,
Алгыс бастынын аныыбыт,
Э5эрдэ эриэккэьин этэбит!
[Ответить] [Быстрый ответ]
Өссө төгүл махтанабын !!! - BorNEo
26.03.2014 (18:35) (82.145.221.139) [!]
Манна,бэйэлэрэ көрөн,эбэн-көҕүрэтэн биэриэхтэрэ буоллаҕа дии