Ыйдар ааттара.
Көмүөл ыйа (июнь).
Көппөх тоҥор ыйа(сент.)
Куччугуй кулун тутар(апрель ).
Күн киирэр ыйа(ноябрь).
Күн тахсар ыйа(февраль).
Күөл суокурун ыйа(ноябрь).
Күн түһэр ыйа(ноябрь).
Күүлэй ыйа(июнь).
Кыһыл ый (сентябрь)
Мара ыйа(октябрь)
Ньаалаҕай ыйа(август)
Оҕолоох саарар ыйа(июль).
Оҕолоох ыйа(июль)
Оноҕос ыйа(сент.)
Ортоку кыһыҥҥы ый (декабрь)
Отор ыйа(сент.)
Оттуур ый(июль)
Сара ыйа(июнь)
Сатыы тымныы түһэр.ыйа(ноябрь)
Сир тоҥор ыйа(сент.)
Сойуо ыйа(апрель )
Сыбаҥ хаас ыйа(июль)
Сыма ыйа(июнь)
Сымыыт ыйа(май)
Сынньалаҥ ыйа(1.май:2.апрель )
Сэлии ыйа(ноябрь)
Балык ыыр ыйа(май)
Бырдах ыйа(июнь:июль)
Кулун төрүүр ыйа(апрель)
Кулун ыйа(март)....
Бу сорҕото эрэ,сүүстэн тахса ый ааттара баар эбит,былыргы сахаларга.
Улуус улуус атын атыннык ааттыыр эбит ыйдары.
Ыйдар ааттара
Сахаларга бастакы ый, ыам ыйа буолар. Кыһын бүтэн, туох барыта тиллэр, от, мас көҕөрөр. Саҥа олох саҕаланар. Ааҕан көрдөххө ол иһин алтынньы ый, алтыс ый буолар. Уонна сахалыы тылга ньууччалыы тылы кыбытан туттумаҥ. Холобур: щука - сордоҥ. Арай сатаан тылбаастаммат тыллар бааллар. Олору эрэ уларыппакка ааттыахха сөп. Ол сахаҕа кирии тыллар диэн ааттаналлар. Ордук техническэй терминнэр .Ахсынньы ыйы аам-даам тымныы ыйын быһыытынан уонна ахсыс ый буолар. Онтон тохсунньу ый таһырдьа тостор тымныы кэмин курдук ааттыыллар уонна тохсус ый.