ессе...
Сугэ – киргил.
Ат – талаьа.
Хара тыа – дьоппо.
Киьи – хара.
Булчут – меку хара.
Ыт – бех.
Кылбар
э5эрдэ бэртээхэй түһүлгэни тэрийбиккин,бу харыс тылларбыт харгыс
буолбаттарын туһугар мунньан2 баран Саха тылын үөрэтиитигэр туһунан
төбөлөөн киллэриэхэ баар эбит дуу,хайыа5а баар дуу? Мил до5оччуок
эйиэнэ биирин тылбаас ээ,биирин сылгы таҥарата,торбос чэ буоллун
да5аны.
Дьэ ноо, Кылбар манна чахчы кылбардаабыт...
Үксэ булка сыһыаннаах буолар эбит.
Эбэ - күөл,өрүс, алаас...
кыыл - киһи(хотулар тыллара)
үрүҥ сүүрүк- сылгы
хара сүүрүк - ынах сүөһү
аһыҥастаах - бөрө
хатырыктаах - балык
кынаттаах - көтөр...
Ээ, бу кэлэн олорор эбиккит дии.
Уоту - кытарар, эһэкээн дииллэрин билэбин. Мил. торбос-ньирэй диэбитэ харыс тыл буолуо дуо?
харыс тыллар аналлара
Харыс сэтэ олоххо кестере маннык.
Холобурга.
Быьа санарыы бобуулаах. Киьини быьа санарыа суохтааххын. Быьа этэн кээьиэн, диэн тугу да5аны быьа этиппэттэр.
Киьи тыла сэттээх, диэн буолар. Тугу эрэ этэргэр ханан эрэ иэ5эн харыстаан санарыллар. Эбэтэр ыллаан биэриллэр.
Былыргылар тугу эмит суолаталаа5ы этээри гыннахтарына ыллаан, биитэр туойан этэллэр. Быьа санарбаттар.
Ол иьин ырыаттан ураты тойук уонна олонхо диэннэр уескээбиттэр.
Ону таьынан тугу эмит тустуур буоллулар да5аны ал5аан барыы диэни туьаналлар. Алгыс этиитэ эмиэ туспа хайысха. Кеннеру санарартан ураты.
Алгыс утарыта кырыыс диэн баар. Бу кеннеру ыыстан ураты.
Алгыьы, кырыыьы сатыыр киьи сатыыр. Айыл5аттан бэриллиилээх киьи. Бу иккиэн телебурдээх, бэйэ5эр эргийиилээх, иэстэбиллээх ыарахан быьыылар.
Кеннеру дьон ол иьин туойан, ыллаан этинэллэр эбит. Туойсуу диэн харыс сэтиттэн уескээбит.
Ыра санаа5ын ыыра бараннын, этин-сааьын дор5оонунан хайытан этинии – ырыа диэн ааттаах.
Туомтаммыт туьалаах санаа5ын – туона5ынан туойан, этин сааьын хайырдаан, туох баар дириннинэн налыытык, кылыьах са5ан этинии – тойук диэн буолар. Олустаатаххына то5о туонар куттал баар. Дьолгун-соргугун барытын то5о туонуоххун сеп.
Удьуору салгыыр уллурук уескуур мыыдаратын батыьан, уллунахтан – уллукка тиийэ дор5оонунан кэптэнэн олорон кэпсээьин – олонхо диэн буолар. Олох оноьуутун хоьуйуу. Ону уллурук уескуур таьыма эрэ биэрэр. Онно баар барыта. Мыыдараьа. Мындыра. Кэбэ-туоната.
Быктарбат -саа.
Булууһут - булчут.
Быта - саһыл хорооно.
Дарбый- ыт(стрелять).
Иччилээ - сааны иит.
Көҥдөйдөө - ыт (выстрелить)
Көтөр - ботуруон.
Кыра булт - кыыл таба.
Мэндэй- кыыл суола.
Миинэр - хайыһар.
Нолто - өлөрбүт кыыл,булт.
Ойоҕос - айа.
Өллөө - иит (заряжать ружье).
Сарпа - доруобунньук.
Сандьыт - сыыс,сыыһа ыт.
Саҥа харамай -саҥа булчут.
Силлии - кыыл сылдьар,аһыыр сирэ,ыыра.
Силпэн - бултуйуу.
Ситиис - арҕах.
Сиэги - тайах айата.
Суһугурут -эккирэт,туруор.
Сыппах - үөрүйэҕэ суох саҥа булчут.
Сытыган - үөрүйэх,кырдьаҕас булчут.
Сөкүлээннээ - бултаа.
Субуулаа - икки уоһунан ыт,дүппүлүөттээ.
Сылбырҕа - эһэ арҕаҕын бүөтэ.
Сэлэҥэ - балыктыыр тэрил.
Атахый - туһахха атаҕыттан ылларбыт куобах.
Бат - кыылы сонордоо.
Баттыгас - эһэ сохсото.
Биилликий - туһахха синньигэс биилиттэн ылларбыт куобах.
Бөх - 1.ыт (собака);2.өлөрүллүбүт эһэ.
Бүүдүмнээ -улахан булт,кыыл ханна баарын бил,сэрэй.
Дьалыт - сыыс,ытан сыыс.
Көхсүкүй - туһахха агдатыттан ылларбыт куобах.
Мас көтөҕүү - эһэҕэ сохсо туруоруу.