Атаһым Чаачар э5эрдэ!
Бэрт ыйытыы, бэйэм да бэркэ мунаара сылдьыбыттаахпын.
Дьиҥинэн гын - саха5а г-ттан тахсар со5отох тыл, быраабыла5а киирбитинэн.
Ол эрээри төрдө кын буолуон сөп, то5о диэтэххэ кини көмө тыл быһыытынан атын тыллар ула5аларыгар түһэр, онно аһа5ас дор5оон ыккардыгар к ньиргийэн г буолара элбэх: инньэ кын - инньэ гын,
"итинниг эттим" курдук.
Онтон быраабыла гын диэни хаалларбыт то5о эрэ, сурукка бэйэм да инньэ гынабын, "иккини" ылымаары.
кырдьык, мин эмиэ буккуллабын
араастаан суруйан эриллэҥнэтээччибин, хас суруйарым аайы мунаарабын ...
Ити арааһа
Ханнык буукубата хоһулаһыыта баһыйарыттан эбитэ дуу.
Иннигэр Б, Д.. турар буоллаҕына "гынар" диэн буолуо.
Оттон П, Т .. хоһулаһыыта баһыйар буоллаҕына "кынар" диэн эбитэ дуу...
"Аллитерация" диэммит ити кэллэ быһыылаах...
Саха тылыгар анал үөрэҕэ суох буолан итини билбэт эбиппин.
Ол гынан баран оскуолаҕа син түөрдүнэн үөрэнэр этим,саха тылыгар.
Ханнык да бүтэй дор5оон кэнниттэн кын буолара буолуо.
Арба саха5а д-нан, б-нан бүтэр тыл суох, арай -п, -т ньиргийэн иһиллиэхтэрин эрэ сөп.
итинник кын, суох кын, төннүбэт кын...
Аллитерация диэн ырыа-хоһоон бастакы бэлиэлэрэ биир дор5оонтон тахсыылара:
Таатта үрэх үрдүгэр
Таалар хонуу үөһүгэр
Таптал уотун күллэрэ
Тардыы талах үүнэрэ...(Ойуунускай) - барыта Т-н са5аланар
Соро5ор поэтическай анафора эмиэ дииллэр.