Эргэ мас оскуолаҕа итинник тыаһы эмиэ истибитим. Элбэх киһи сылдьан ааспыт мас дьиэтигэр тыас олорон хаалар быһыылаах. Ону видеоҕа устуохтарын сөп буоллаҕа. Фантом да көстүөн сөбө буолуо. Биир бэйэм куттанабын. Айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ туох эрэ баар. Мин сороҕор чувствуйдуубун (Сатаан сахалыытын булбатым. Кылгас, чуолкай тылы.)
Эт-хаан тардыалатан сис кэдэриҥниир сибилигин хатаан тахсыбыт тэрилтэҥ иһигэр аан аттынааҕы түннүккэ күлүк хааман кэлэн турарыттан дииллэр этэ ол эргэ дьиэ көтүрүллэ илигинэ. Икки буолан хатыы турдахтарына иккиэннэригэр көстөрө эбитэ үһү. Дьикти дии, туох хааман күлүк буолан илэ сылдьара буолла.
Устума ноко. Буддистар кецуллээбэттэр. Ол видио5ын кытта кэлсиэхтэрин сеп, куЬа5ан эйгэлэр.
Ити барыта былыргы өбүгэлэрбититтэн хаалбыт иччилээх итэҕэл.нууччалыы эттэххэ язычество! Туох барыта иччилээх, былыр үйэтинээҕи өлөн хаалбыт өбүгэлэрин да илэ сылдьыахтарын сөп, абааһылаах иччилээх былыргы дьон олорбут тутуулара баар буолааччы,онно хонноххуна эбиһээт туох эмэ биллээччи, итинник сирдэргэ сири уоту айах тута аһата сылдьыахтааххын !