"Дьикти саас"- саамай себулуур айымньым.
Бу сэһэни оскуола5а үөрэнэр эрдэхпиттэн сылын аайы хайаан да ааҕабын. Хас аахтаҕым аайы кинигэ геройдарын харахпар ойуулаан көрүүм, ис хоьоонун ейдуурум уларыйан иһэр. Киинэҕэ Гассаны, Айтаны, Лананы, Толяны, Улахан Светаны син - биир итинник курдук, нууччалыы эттэххэ, представляйдыыр этим. Онтон үөрдүм. Кинигэ ис - хоьоонун тупсаран эбиилэри сирбэтим. Холобур, Толяны аьара омнуолаах уобарас оноро сатааьыны энин. Теье да Толя дьин кинигэ5э наьаа интеллигентнэй буолбутун иьин, охсуспатын, кыыска итинник куьа5аннык быьыыламматын эбэн онорбуттарын да иьин. Ол эрээри, кинигэҕэ бэйэтигэр да суруллубутунуу, мин туохпун эрэ, сыаналаахпын сүтэрдим дуу диэн санаа киирэр дии... Ити Дым - Дым дуу Михаил Сергеевич дуу тоҕо холбуу уобарас буолла? Эбэтэр ити уобарас аата Дым-Дым эбитэ буоллар дуу?! Өйдүүбүн, кинигэ барыта киинэ буолбатын. Ол эрээри, итинник - мин тус санаам.
"Дьикти саас" айымньыттан хаьан да5аны хал буолбатым буолуо)
быйыл киинэтин корон, астынным ахан. Иккитэ сылдьыбытым. Оссо да5аны коруом этэ. Биллэн турар, кинигэтиттэн кыратык уратылаах, режиссер бэйэтин коруутэ, сананы эбэн биэрбитэ баар. Ол эрэн итинтэн киинэ ис хоьооно сыппаабат. О5олор оонньууларын, уьуллубут дьиэ, оскуола, дэриэбинэ оччотоо5у кэмнэ соп тубэьэр костуутун сохтум. Арай, кырдьык, Дым Дым суо5уттан кыратык хомойдум.
Коро илик дьон хайаан да5аны корун!:)