Пой сам акапельно. В такой песне ценится душа, а не аккомпанемент!
КУБАЛАР
Г.Николаев тыла
Үрдүбүнэн кубалар
Көтөн ааһан эрэллэр.
Саҥа хаардыы маҥаннар,
Эн биһигиннии иккиэлэр.
Хос ырыата:
Доҕоруом, куба курдук
Эн кэрэҕин, нарыҥҥын.
Бу сиргэ көрдөөн булбут
Мин дьолум эн буолаҕын.
Айылҕаны киэргэтэр
Дьоһун-мааны көтөрдөр
Үһүйээҥҥэ кэпсэнэр
Кэрэлэрэ сөхтөрөр.
Хос ырыата.
Соргулаах олох суола
Эн биһиэхэ арыллар,
Дьол сандаарар сулуһа
Ол саҕахха умайар.
Хос ырыата.
Үрдүбүнэн кубалар
Көтөн ааһан эрэллэр.
Көтүн, көтүҥ кубалар,
Көтүҥ кэрэ кубалар!
Хос ырыата.
Э5эрдэ эьиэхэ ,Хоьоонно истин
Уйэ анаара биир санаанан
Олорон кэлбит дьоммутугар
Итии истин э5эрдэ буоллун
Холобур буолар сиэннитигэр
Субэ5ит иьин таптыыбыт
Суус саас 8н8йдун
О5олоргут 8н8л8рун билин
Сиэннэргит сиэттинэр
Ыарыы булбатын
Ба5а санаа5ыт туоллун
Бар дьоннут махталын истин